Page 52 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 52

Бөрө:

            Супту сүүрэр
            Сур Күүдээх онно
            Бурдук астаан
            Мускуллар.

СаҺыл:
            Бах-бах Баҕа
            Бахчар ойо онно
            Бөрүөк астаан
            Бүгүрүйэр.

Бөрө:
            Өҥөй Бөтүүк, Дьуос Бээгэй
            Үөлбүт эттээх олороллор.

СаҺыл:
            Бөтүүк халыҥ хаһатынан
            Бөрүөк оҥостор үчүгэйиэн,
            Эн ону санаа эрэ,
            ЭҺээ, бэйэҥ минньигэһиргиэҥ!

ЭҺэ:

      Билэбин, билэбин, бэйэм!
      Бэркэ минньигэҺиргиирим.

СаҺыл, Бөрө иккиэн:
            ЭҺэ доҕорбуот,
            Эн ааны аҺыаҥ дуо?
   47   48   49   50   51   52   53   54   55   56   57