Page 56 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 56

С аһ ыл:

            Бөрөтө суох бэйэбит
            Бөтүүк этин сиэхпит.

ЭҺэ:

      СаҺылыкааныам, аччыктааммын
      Сырааным сынньылыйдаҕыан!
      Сымарынан аан аһаары
      Сырам-сылбам бараннаҕыан!
      Көмөлөһүүй, ыга анньан.
      Күүс-күүдэх баранна.

СаҺыл:
            ЭҺэ доҕоруом, эҺэкээниэм,
            Эйиэхэ көмөлөҺө кэлиэм!
            Хоро-дьөлө хаҺаммыт
            Холлороонунан тахсыахпыт.

Бөтүүк:
            Түөкүннэр дьөлө сүргүйэн
            ТүҺэн түбүлээн иҺэллэр.
            Туту матах туос бээгэй
            Боодьой-баадьай бороҥ Дьуос.
            Иннэлээх көҕүскүнэн
            Иннилэрин быҺыаҥ дуо?
            Уоттаах үөттүрэххинэн
            Уллуҥахтарын уматыаҥ дуо?
   51   52   53   54   55   56   57   58   59   60   61