Page 59 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 59
Бөтүүк:
Истибэтим, иккиһин этиий!
Миигин ким курдук диэтиҥ?
Саһыл:
Адьас чахчы, доҕоччугум,
Аҥала Бөтүүк курдуккун.
Сыалаах чоҕочугун
Сыымайдыырым уолдьаста.
Бөтүүк:
Быыһааҥ-абырааҥ, саһылтан,
Өлөр өлүүттэн өрүһүйүҥ.
Баҕа:
Хара тыаҕа саһыл
Хаарыан доҕорбутун —
Өҥөй Бөтүүкпүтүн
Өлөрө-талыы барда.
Күүдээ х :
Онно хайа кэтэҕэр,
Онно уу уҥуоругар!
Дьуос:
Миигиттэн, иннэ-бүргэс Дьуостан
Саһыл куоппат дуостал.
Бөтүүкпүтүн өскөтүн сиэҥ,
Бүөргүн-искин тэһиэм.