Page 55 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 55

Бөрө:
            Үүтээҥҥэ биһиги
            Үнтү сигэнэммит
            Хайдах киирэбит?
            Хайа анньан кэбиһиэҕиҥ.

Саһыл:
            Дьэ эрэ, Эһэкээним,
            Дьэ эрэ, Бөрөкөөнүм
            Үнтү сигэнэммит,
            Үтүрүйэн иһиэҕиҥ!
            Хаптаһын халҕаны
            Хайа анньан кэбиһиэҕиҥ.

Саһыл, Бөрө уонна        Эһэ:
            Иннинэн!
            Кэннинэн!
            Үтүрүйсүҥ,
            Үнтү түһүҥ!

Эһэ:

      Халҕан тыаһын истиэҕиҥ?
      Хампарыйан эрэр дии!

Бөрө:
            Аан алдьанар буолбатах,
            Атахпын хампарыттыҥ.
            Бөтүүк этин амсайбакка
            Бүгүн сарыырбар* тиийдим.
   50   51   52   53   54   55   56   57   58   59   60