Page 58 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 58
С а һ ыл:
Эһэ, Бөрө эрэйдээхтэр
Иҥсэлэринэн иҥсэлээхтэр,
Көҥдөй көҕүстэринэн
Көрөргө багдаспыттар.
Саталларынан, өйдөрүнэн
Саһылга — миэхэ маарыннаабаттар...
Өҥөй Бөтүүк барахсаныам, оо, дьэ!
Өйдөөх да буолаахтааҥҥын!
Эһэ эйиэхэ сымарыммытын
Чахчы чаҕытан ыытаахтаатыҥ.
Бөтүүк:
Эһэ миэхэ сымарыммытын,
Чахчы чаҕытан ыыттым дуо?
Саһыл:
Оо, дьэ! Үтүө мааны Өҥөй Бөтүүк,
Өйгүн адьас сөрү-сөхтүм.
Чөмчөлдьүйэн, мөтөлдьүйэн
Дьүһүҥҥүнэн үчүгэйгиэн!
Аттыгыттан көрүөм этэ,
Арыый аҕай чугаһаа, бэттэх.
Бөтүүк:
Суох-суох, бу мантан үөһэттэн
Эйигин одуулуурум ордук.
Саһыл:
Хотоҕойдоох бастыҥыгар
Хотой кыылга холооннооххун!