Page 44 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 44
йыл сабыс-саҥа суумка, тэтэрээт, харандаас, уруу-
чука, эрэһиинэ, линейка, онтон да атыны атыылас-
пыттара. Хаһаайыммыт бастаан утаа биһигини ха-
рыстыыр этэ: хахтыыр, сууйар-сотор, ыраастыыр,
имэрийэр-томоруйар. Дьэ үчүгэй хаһаайыҥҥа тү-
бэстибит диэммит үөрэр этибит. Онтукабыт баара,
кэнникинэн сыһыана абааһытыйан барда.
Мин лиистэрбин марайдаан, тарбах баттыыр
ыраас сири хаалларбата. Миэхэ баар дьоннор мэ-
тириэттэрин бытыктыыр, бэргэһэлиир, саалыыр-
саабылалыыр. Кинигэ аатыттан ааһан эрэбин.
Дьэ уонна ким тугу этэрдээҕий?
— Эн кырдьыгы эттиҥ, — диир Тэтэрээт, —
миигин да бүттэлээх оҥорбото. Сыыһа суруйан
баран сотор, эрэһииҥкэлиир, марайдыыр. Лиис-
тэрбин хайа тардан ылан сөмөлүөт, бэстилиэт,
бэргэһэ оҥостор. Бу эһиги: Харандаас, Уруучука —
тойоҥҥутугар бэринэҥҥит, миигин эрэ марайдаан
тахсаҕыт.
— Эн, Тэтэрээт, олус суҥхарыма. Хаһаайын
хасааһа элбэх. Эйигин марайдаан бүттэҕинэ,
саҥаны ылыаҕа. Хата бу миигин сордоон эрэр, —
диир Уруучука, — испин хостоон баран бууска
оҥостон, кыргыттары ытыалыыр. Ол иһин кыргыт-
тар миигин, туох да буруйа суох киһини, былдьаан
ылан кырбыыллар.
Кэпсэтиини Харандаас салҕыыр: