Page 39 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 39

Ыйытыы бэлиэтигэр сылдьан
Ыйыталаһан иһиттэ,
Күүһүрдүү бэлиэтигэр сылдьан
Күө-дьаа
Көбдьүөрэн кэпсэттэ.
Оскуопкалаах олбуордар
Олуурдарын төлөрүттэ,
Хабыычыкалаах ааннар
Халҕаннарын аста.

     Соппутуойдаах солотуу соппулуоттаах*,
     Туочукалаах ойуу тулааһыннаах,
     Кинигэлэр дыбарыастарыгар
     Кини тиийэн кэллэ.
Букварь кэлэн
Аан аста,
Остуоруйа кэлэн
Олор диэтэ,
География кэлэн
Кэпсээниҥ диэтэ.
Зоология кэлэн
Собо-собо собото буһарыахха
Диэн сипсийдэ.
     Математика кэлэн
     Иккигэ эбии биир
     Үс собо — диэтэ,
     Күөскүтүн көрүҥ,
     Аһыйыы буолуоҕа,
     Амтана холлуоҕа*, —
   34   35   36   37   38   39   40   41   42   43   44