Page 38 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 38

Кинигэлэрдиин кэпсэтиигэ
Киһини үөрэтэр,
Буукубалар дойдуларыгар
Бу тиийэн кэллэ.

А — диэн аан маҥнайгы аппаны ааста,
Б — диэн быллаардары* ааста.
Ө — диэн өтөннөөх*,
Ч — диэн чөкчөҥөлөөх*,
О — диэн оҕонньордоох,
Э — диэн эмээхсиннээх,
Д — диэн дьоһун дойдунан,
С — диэн сибиктэлээх* сиринэн —
А — дии-дии айаннаан истэ,
Б — дии-дии баран истэ.
И — диэн иһирик* ойуурга
С — диэн силистэн иҥнэн,
Нь — диэн ньылт гына,
О — диэбитинэн олоро түстэ.
Ү — диэн үөһэ тыынна,
Һ — диэн көхсүн этиттэ,
Уо — диэтэ уонна
Т — диэбитинэн туран кэллэ.
А — дии-дии айаннаан истэ,
Б — дии-дии баран истэ.
   33   34   35   36   37   38   39   40   41   42   43