Page 33 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 33

— Бибилэтиэкэҕэ барыаҕыҥ, — диир ахсаан.
Саха тыла, нуучча тыла сөбүлэһэллэр.

    — Быраһаай, итиэннэ эн хараххар көстүбэтэр-
бит сөп этэ, — дэһэ-дэһэ, кинигэлэр үһүөн уку-
суку тахсан бардылар.

    Костя уруогун үөрэтээри гыммыта биир да
кинигэтэ суох эбит. Элбэҕи эргитэ барбакка,
бибилэтиэкэҕэ тэбиннэ. Тиийэн кинигэ көрдөөтө.

    — Бэйи эрэ, — диэн баран, бибилэтиэкэ үлэһитэ
уолу муодарҕаабыттыы көрө-көрө, үс кинигэни ылан
киниэхэ уунна. Костя көрбүтэ, арай бибилэтиэкэ
үлэһитэ кинигэлэри саҥа тастаан, марайдаабыт си-
рин сотон, түспүт лииһин сыһыаран кэбиспит.

    Кини дьон бары истэн олордоҕуна кинигэлэр
хайдах курдук ытаан-соҥоон, үҥэн-сүктэн кэлбит-
тэрин кэпсээтэ.

    Уол, киһи эрэ буоллар, кыбыһынна.
    — Кинигэни аны итинник туппат буол, — диэтэ
бибилэтиэкэ үлэһитэ.
    Костя уһукта биэрдэ. Оронугар олоро түстэ
уонна суорҕанын киэр элиттэ.

         Үөрэх кинигэтэ киһи олоҕор суолтатын туһунан
         туох дии саныыгын?
         Бу кэпсээн ис хоһоонугар киһи тугу уларытыан
         сөбүй? Толкуйдаан, кэпсээн көр.
         Таабырыннары аах, таайыыларын эт.
   28   29   30   31   32   33   34   35   36   37   38