Page 31 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 31

3. А йы м ньы ны инсценировкалаан көрдөрүөххэ
             сөп дуо?

        4. «Киһи саатыах, сөп өлүүбүн, ийэ-хара көлөһүн,
           хара балыыр, хараххар көстүбэтэрбит, киһи
           эрэ буоллар» диэн ту гу этэллэрий?

    Костя утуйан буккуруу сытар. Түһээтэҕинэ, дьиэ-
тигэр баар. Арай үөрэнэр кинигэлэрэ киһилии кэп-
сэтэн эрэллэр эбит.

    — Биир тыла суох, буруйдаах Костя баар, —
диир ахсаан кинигэтэ. — Дэлби марайдаан дьүһүн-
дьаабы оҥордо. Задачаны буоллаҕына биирдэ
ааҕан көрөн баран: «Ээ, тахсыа суох», — диэт,
быраҕан кэбиһэр. Ардыгар миигин арыйа да со-
руммакка, атын оҕо тэтэрээтиттэн устар. Сыыппа-
ра оҥорон дьүһүлүүр ээ, киһи саатыах. Кыһанан
суоттуура, быраабыланы билэрэ буоллар, ахсааҥ-
ҥа атамаан гыныам этэ.

    — Миигин да сөп өлүүбүн муҥнаан сылдьар, —
диир нуучча тыла. — Буукубаны барытын булку-
йан сордуур: «ж» буукубаны «з» курдук саҥарар
даҕаны, суруйар даҕаны. Тылдьыппын хаһан эмэ
көрөр да, өрүү өйдөөбөт. Үчүгэйдик үөрэттэр, нууч-
чалыы тылга кыбыһыннарыа суох этим.

    Костя ыксыыр. Ийэ-хара көлөһүнэ тахсар. Тура
сатыыр — кыайан өндөйбөт.
   26   27   28   29   30   31   32   33   34   35   36