Page 32 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 32
— Ити барыта хара балыыр, сымыйа! — диэн
баҕарар да, саҥата тахсыбат.
— Мин саҕа атаҕастамматаххыт буолуо. Аатым
да көстүбэт буолла. Инники лииһим түһэн хаал-
ла. Бэҕэһээ киэһэ уон биирис лииспэр арыыны
тоҕон кэбистэ. Иһинээҕибэр аты, ыты ойуулаабыта.
Илиитин сууммакка арыйар буолан, лииһим бары
киртийэн эрэр, — диир саха тыла.
Кинигэлэр Костяттан хайдах быыһанар туһунан
сүбэлэһэн бардылар.