Page 36 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 36
Оттон оччугуй Бороҥ Куобах
Олох үөрэҕэ суоҕуттан
Сыгынах анныгар
Сытан санааргыыр.
Бүгүн эмиэ ойуурга мунан,
Кэрэмэс Саһыл бытатыгар*
Киирэн биэрэ сыста.
Куомпаһы билэрэ буоллар,
Куруук ити курдук
Мунуо-тэниэ,
Бутуллуо суох этэ.
Үнүрүүн куоракка сылдьан
Түспүт ыалын сүтэрэн,
Төгүрүччү харааран
Түүҥҥэ быстарыаҕын,
Үтүө сүрэхтээх
Үөрэхтээх Тайах түбэһэн
Уулуссатын булларбыта.
Биир үөрэхтээх
Кырдьаҕас Куобах
Бороҥ Куобахха
Бу курдук сүбэлээтэ:
«Мантан чугас
Баар биир үөрэнээччи,
Куруук кинигэ аргыстаах,