Page 37 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 37
Кини бэркэ билэр
Кинигэлэр дыбарыастарын,
Кини суолгун ыйыаҕа,
Кинигэлэрдиин кэпсэтэр гыныаҕа».
Бороҥ куобах
Үөрэнээччини булла,
Үөрэнээччи киниэхэ суол ыйда.
Муннаҕын аайы ситэн
Булларда суолун,
Умуннаҕын аайы этэн,
Уһуйда сурук солунун.
Бороҥ Куобах
Айаҥҥа турда,
Харандаас торуоска тута.
Тэтэрээттээх тэнигир хонууларынан,
Чэрэниилэлээх күндэ күөллэринэн
Ойуур хайа устун
Онньоҕорхоон атаҕынан
Ойуоккалаан истэ,
Чэгиэн сирдэргэ
Чэрэс гына-гына,
Тэбэн биэрдэ.
Хонуу, толоон саҕатыгар
Хорос гына-гына,
Хонойон истэ.