Page 27 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 27

АЙЫМНЬЫ ДОЙДУТУН
                КИСТЭЛЭҤНЭРЭ

  Эн «Сахам сирэ барахсан» салааҕа төрөөбүт
дойдуҥ туһунан саха уонна эбээн суруйааччылара
айбыт хоһооннорун аахтыҥ, үөрэттиҥ. Хоһооҥҥо
дьүөрэлэһэр сүһүөхтэри буларга, хоһоон ты-
лын суолтатын быһаарарга, төрөөбүт дойду
туһунан хоһоон иэйиитин таба ааҕарга, кэпсиир-
гэ үөрэнниҥ. Санааҕыҥ тылынан иһитиннэрэргэ
холоннуҥ.

  «Бэйэ ааҕыыта» уонна «Ыалынан ааҕыы» кини-
гэлэргэр, электроннай сыһыарыыга эбии айым-
ньылары ааҕан дуоһуйдуҥ. «Ааҕааччы тэтэрээ-
тигэр» уруһуй оҥорон, төрөөбүт дойдуҥ кэрэтин
көрдөрөр хаартысканан киэргэтэн, тэтэрээккин
байыттыҥ, тупсардыҥ.

  Бибилэтиэкэҕэ сылдьан араас кинигэни көрдүҥ,
билистиҥ. Хаартысканан үлэлииргэ үөрэнниҥ, су-
ругунан, уруһуйунан эрэ буолбакка, хаартысканан
эмиэ санааны таба тиэрдиэххэ сөбүн өйдөөтүҥ.
   22   23   24   25   26   27   28   29   30   31   32