Page 24 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 24

нёк» сурунаалга баар ойуулары көрдөрөр. Онно
биһиэннэрин курдук хайалар ойууламмыттар, арай
дьоннорун таҥастара атыннык көстөллөр. Дьиэлэ-
рэ эмиэ биһиэннэригэр маарынныыллар. Онон Ыл-
дьыыска этэрэ оруннаах буолаарай? Кый үөһэнэн
көтөн ааһар сөмөлүөттэр, ол диэки тиийэн, сиргэ
түһэр курдук намтаан сүтэллэр ээ.

    Буурҕа олус уһаатаҕына, Ылдьыыска Африканы
саныыр. Онно биһиэннэринээҕэр итии диир. Бэл
манныгы аахпыта:

                   Аф-ри-ка! Аф-ри-ка!
                   Халыҥ хаар чомчоҕойдор,
                   Минньигэс моруоскалар,
                   Мап-маҥан тугутчааннар!

    Кырдьыгынан эттэххэ, Африка диэн ханна баа-
рын да билбэппит. Маннык ааттаах сир ханна
баара буолуой? Ол эрээри баара чахчы! Илиини
Үлүппүт диэн ааттаах сир баар дии! Эбэтэр Этэр-
бэс диэн... Өссө Ыт Күөлэ диэн эмиэ баар.

    Оттон Индияны билэҕит дуо? Онно мин
табаһыттар олороллор дии саныыбын. Бу сир аата
биһиги «индии», ол аата «сап» диэммитигэр маа-
рынныыр. Дьээдьэ Вася онно хаар суох, сулуоннар
бааллар диэн күлбүтэ, ол да буоллар мин соҕуруу
да, хоту дойдуга курдук, табаһыттар олороллор
диирбин кубулуппатаҕым.
   19   20   21   22   23   24   25   26   27   28   29