Page 23 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 23
Москва биһигиттэн чугас. Бастаан Андрюшкиноҕа
барыаххын наада, салгыы сөмөлүөтүнэн — Черскэй-
гэ, ол кэнниттэн — Дьокуускайга, онтон Москва
адьас чугас үһү: ханна эрэ тайҕаҕа көтүллүөхтээх.
Дьээдьэ Вася биирдэ эһиги Москваны көрөр
буоллугут диэбитэ. Биһиги ити тугун билэбит,
«көрөн» турардаахпыт: кэннигэр туран кулгааххыт-
тан хам ылан баран өрө өндөтөллөр.
Ылдьыыска ыраах да ыраах көҕөрүмтүйэн көстөр
хайалар кэтэхтэригэр тиийиэн баҕарар.
— Ол хайалары уҥуордаатахха, атын дойду-
лар баар буолуохтаахтар, — диир уонна «Ого-