Page 22 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 22

Тылбытын байытабыт

 Бы йаҥ — өлгөм үүнээйи (хол.: от, бурдук).

  Бил — дүлүҥ курдук бөкүнүк эттээх, биллэр-биллибэт

 хатырыктаах улахан өрүс балыга (нууч. таймень).

  Саарар — сайын түүлээн көппөт буолан, биир сиргэ
  тохтоон аһыыр, уойар.
  Болгуо — былыр саха уустара уһааран ылар тимир-
 дэрин сомоҕото.
  Чаачар — ох саа, айа, атын да булт сэбин сүрүн

 тэбэр чааһа, сиһэ; сорох туттар сэп (хол.: эрбии)

  онуоха маарынныыр чааһа.
  Чааркаан — булт тэрилэ.
 Төргүү — ыҥыыр кэннигэр таһаҕас кэлгинэр быа
  (быалар); онно баайыллар таһаҕас.

        Т угу өйдөөбүккүн сиһилии кэпсииргэ бэлэмнэн.

                                          Николай Курилов

МОСКВА УОННА ДА АТЫН ДОЙДУЛАР

        1. Эн ханна төрөөбүккүнүй? Ол туһунан сиһи-
            лии кэрэхсэбиллээхтик кэпсээ.

        2. Д ьокуускайга эбэтэр Москваҕа сылдьыбытыҥ
            дуо?

        3. А йы м ньы ны аах. Туох туһунан кэпсэнэрий?
   17   18   19   20   21   22   23   24   25   26   27