Page 21 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 21
собону көҥүл таһааран сиэбэтэҕэ. Бары быйаҥы*
кини булара, айара да, барытыттан матан иһэрэ.
Сир анныгар аан дойдуга суох үгүс, дэлэгэй
үрүҥ-хара, кыһыл көмүс кылааттаах этэ. Бил* ба-
лыгынан бидилийэр, кыыл муоһунан кыдьымаҕырар
муоралардааҕа, сүүнэ өрүстэрдээҕэ. Саарба кыыл
саһар, кэрэмэс саһыл кистэнэр, буур тайах дурда-
ланар баай хара тыалардааҕа. Куба тохтуур, хаас
саарар*, кырса кыыл кыраһалыыр унаар-тунаар
туундаралааҕа. Бу барыта киниэнэ буолуохтаах
этэ. Ол гынан баран саха кырата, бэйэтэ оҥорбут
түмүк саҕа токур хотуурун туруору тутан, болгуо*
сүгэтин тобугар ууран, мас чаачардаах* чааркаа-
нын* сыыһын сүгэһэригэр төргүүлэнэн*, кураанах
чорооно иҥнэстэн, ийэ буорун үрдүгэр олороох-
тообута.
Оттон билигин хайдах курдук кэрэ, остуоруйа,
олоҥхо олоҕун олоробутуй?!
Дьоллоох буоламмыт, биһиги аан дойду алтат-
тан бииригэр үөһэ өргөс кылаана күнтэн тутулук-
таах, аллара баай силиһэ аан дойду урсунун туха-
рыттан ситимнээх, уон биэс өҕүллүбэт үрүҥ көмүс
салаалаах улуу Аал Луук маһын анныгар олохсуй-
буппут, чэчир аспыппыт, түһүлгэ туруорбуппут.