Page 82 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 82

ОСТУОРУЙА

           КИҺИРГЭС КУОБАХЧААН

                       (Нуучча остуоруйата )

         Остуоруйаны ааҕыҥ, дьоруойдарын быһаарыҥ.
         Оруоллары үллэстэн, оонньоон көрүҥ.

    К э п с э э н н ь и т . Былыыр-былыр куруҥ тыаҕа
олорбута эбитэ үһү куобахчаан. Кыһыл тылынан
оонньоон, этэн-тыынан дьэргэстэнэн дьэ, куобах
да куобах!

    К у о б а х . Кэлиҥ, истиҥ, сэргэҕэлээҥ! Мин
саамай күүстээхпин. Сып-сытыы тиистэрдээхпин,
кэтит, күүстээх баппаҕайдаахпын, уһун да уһун
бытыктаахпын! Муора миэхэ тобукпунан, халлаан
миэхэ хабарҕабынан (көрдөрөр). Кимтэн да кут-
таммаппын!

    1-кы К у о б а х . Көбүөхтүүрүн аанньа күөх ки-
һиргэс!

    2 - с К у о б а х . Киһиргээҥҥин кирсиҥ быста-
арай!

    3 - с К у о б а х . Хайҕанабын диэн хараайаҕын!
(Куобахтар тураахха үҥ сэ сүүрэллэр.)

    К у о б а х т а р . Тураах, тураах, куобахчааммыт
эмиэ тылынан кынаттанан эрэр.
   77   78   79   80   81   82   83   84   85   86   87