Page 96 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 96

дьон ойон тахсан төгүрүйбүттэр. Илиилэригэр үөт
тирэхтээхтэр эбит. Умайа сылдьар үөт тирэх. Тула
буоллаҕына — ыт да ыт. Бары ытыраары ырдьы-
гынаан ырдырҕаспыттар.

    Эһэ тириитин уоттаах тирэҕинэн хаарыйбыттар.
Кэриэрдибиттэр*. Эбиитин биир булчут эһэ мун-
нун тоҕо саайбыт. Онто харааччы бааһырбыт.

    Эһэ нэһиилэ муустаах байҕалга куотар. Кыһыны
быһа бааһын оһорунар. Түүтэ кылааннанар, тупсар.
Арай мунна эрэ туртайбат. Хап-харанан халахайар,
хахтанар.
   91   92   93   94   95   96   97   98   99   100   101