Page 128 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 4 КЫЛААС 2 ЧААҺА
P. 128

эһэ түөһүллэн тахсар. Соҕурууттан көтөрдөр кэлэллэр.
Бастаан, муус устар ортото, тураах кэлэн дааҕыргыыр.
Оччоҕо саха саас кэллэ диэн үөрэр. Онтон көҕөннөр, ту-
руйалар, хомурах хоҥоро диэн ааттаах хаастар кэлэллэр.
Муус устар бүтүүтэ хайа, сыыр эниэтигэр ньургуһуннар
тахсаллар. Бу ыйга биэ да, ынах да хото төрүүр.

      Ыам ыйын саҥата, хойукку сааскы ый, аҥаарыттан
сааһы ары сайы н ыйа д э н э р . Ыам ыйа саха хал андаары н
бастакы ыйа буолар. Урут соҕуруу олорбуппутун туоһулуур.
Ыам ыйыгар Байкалга, соҕурууҥҥу ууларга балык ыыр. Ол
иһин ыам ыйа диэн ааттаммыт буолуон сөп. Ыам ыйыт-
тан саҕалаан ыйдары ахсааннарынан аахтахха, алтын-
ньы — 6, сэти н н ьи — 7, ахсы нньы — 8, тохсунньу — 9,
олунньу — 10 ыйдар буолаллар. Ы ам ыйа сылы саҕалыыр
ый буолара «Сааһыҥ хаһыҥ буолла?» диэн ыйытарбыты-
гар да көстөр. Ол аата хаһыс сылгын саҕалаатыҥ диэн
суолталаах.

      Ыам ыйын бастакы аҥаарын урут ТИРГЭ ЫЙА диил-
лэр эбит. Ол аата куһу тиргэлээн бултаан эрдэхтэрэ.

                    АЗИЯ НОРУОТТАРЫН
                      ТӨРҮТ ТУСТУУЛАРА

     Тустуу аан дойду үрдүнэн түҥ былыргыттан баар. Хас
норуот ахсын уратылаах. Ону түмэн сүнньүнэн икки бө-
лөххө араардылар. Тура сылдьан уонна ханнык баҕарар
балаһыанньаҕа тустуу диэҥҥ э. Төрүт тустуулар көрүҥнэрэ
таҥастарынан, сиэринэн-туомунан уонна хайдах кыайал-
ларынан уратылаһар. Тустуу көрүҥнэрин ааттара сайын-
нарбыт норуоттар тылларыгар олоҕурар. Холобур, гру-
   123   124   125   126   127   128   129   130   131   132   133