Page 54 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 4 КЫЛААС 2 ЧААҺА
P. 54
Алгыс сайын арыллыытыгар
Алтан сэбирдэҕи анньыммыттарын
Адьас араарынан бараннар,
Адыр-табыр арахсан,
Аҥаарыспыт көрдүк
Адьас баран тураллар...
Халыҥ хараҥа тыаларбыт
Хаарыан сайын хайыһыытыгар
Хампа сэбирдэхтэммиттэрин
Хатыы тардынан бараннар
Халбарыспыт көрдүк
Хаҥкыһа хагдарыйан тураллар...
Сир симэҕэ дьэрэкээннээх,
Алтан от ардайдаах,