Page 59 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 4 КЫЛААС 2 ЧААҺА
P. 59
Тэки Одулок
ОЙУУН ТЫАЛЫ ТҮҺЭРЭР
(«Улахан Имтеургин олоҕо» сэһэнтэн)
1. Бу ыал тоҕо элбэх табаны өлөрдө?
2. Бу омуктар туох дьиэҕэ олороллоруй, туох таҥас-
таахтарый?
3. Кинилэргэ туох мал-сал, иһит-хомуос баарый? Аат-
таталаа.
4. Норуот туох үгэстээҕин биллиҥ. Бэйэҥ норуотуҥ
киэнигэр тэҥнээ.
— Ойуун тыалы түһэрэр, — диир Имтеургин уолугар.
Онтон табатын охторон баран үөгүлүүр: — Кутувья, аны
ойуун тыалы биһиги диэки үрэн, хаарынан көмөөрөй, та-
баларбытын ураһабытыгар чугаһатыах.
Иккиэн табаларын үөрүн күөйэн, маамыкталарынан
далбаатаан, ураһаларын диэки үүрдүлэр.
— Хай, хай! — үөгүлэһэллэр. Табалара холкутук сыр-
сан истилэр. Онтон хаарга туох эрэ улахан, аллараа өттө
кэтит, үөһээ өттө кэтит, үөһээ өттө уһуктаах хараны кө-
рөөт, төбөлөрүн ньылаччы туттан, кутуруктарын хороппу-
тунан туундараҕа төттөрү ыстаннылар.
Ол улахан хара диэкиттэн буруо сыта кэлэр. Ураһа
эбит. Табалар биир түүн көрбөтөхтөрүгэр хайыы-үйэ умна
охсубуттар.
Имтеургиннаах Кутувья, ийэ-хара көлөһүннэрэ түһүөр
диэри эккирэтиһэн, табаларын үөрүн ураһаҕа төттөрү
күөйдүлэр. Табалара, ураһа диэки кынчыатаһа-кынчыатаһа,
бэркэ сэрэнэн аа-дьуо хаамсаллар.