Page 30 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 30

балтыбын Айталы Куону
          к³ст³ к³тμттμм,
          тума²²а муннум,
          хаарга хаамтым,
          сииккэ сиэллим;
          дьэ ³лμμ б³±³ μтμрμ³тэ,
          алдьаххай б³±³ аа²наата.
          Илиэсэй бэттэрэ,
          со±уруу туйгуннаахтара,
          абаа´ы атамааннара,
          к³стμбэт тμ³кμттэрэ
          уордулар бада±а…
          Хайа ааттыгынан
          хайа ааттаах сурахтаах бухатыыр
          илдьэ барда мин балтыбын,
          ону киирэн ыйан кулу² —
          ир суолун ирдиэхпин,
          тор суолун тордуохпун!» — диэтэ.
          Онуоха μрдμк халлаан μμ´э ³ттμн диэкиттэн
          сμрдээх улахан тыас тыа´аата да,
          Кμн Эрбийэ бухатыыр
          μμ´э μрμ² былыт о´уутугар
          «³²³с» гына тμстэ да,
          кμн толонун курдук толонноох ньуурдаах,
          ый килбиэнин курдук килбиэннээх сирэйдээх,
          ба´ыттан ата±ар диэри
          μрμ² к³мμс та²астаах ки´и буолла…
          Ол гынан баран,
          хаастаах хара±а хамныы,
          уостаах тии´э обу²нуу турбут μ´μ:
          — «Дьэ… бо…
          Ноко, Ньургун Боотур обургу,
          мин этэр тылбын
          ³йдμ³н истэн тур эрэ!
          Самантан тус хоту диэки бардахха,
          сμμрбэ сэттэ бии´ин уу´ун тойоно буолбут
          Ардьа² Дуолай Буор Ма²алай о±онньор,
          Ада±алаах Ала Буурай эмээхсин
          диэн бааллар μ´μ…
          Уол, аччыгый уоллара,
          Тимир Ыйыста Хара бухатыыр
          кэлэн уоран-талаан барбыт μ´μ…

30
   25   26   27   28   29   30   31   32   33   34   35