Page 25 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 25
илбиргэс эриэнинэн энньэлээтин,
айхаллаах ара±ас ма±ан халлаан диэкиттэн
салбыр±ас саадьа±айынан тала´алаатын;
уруйдаах уйусхах ма±ан халлаан диэкиттэн
уоттаах Дь³´³г³й
μрμ² тμμлээ±инэн олохтоотун;
бу отто дойдуга
бу уоллаах кыыстарын тμ´эрдиннэр —
баран эт эрэ!»
Онуоха Кμн Эрбийэ бухатыыр
со±отохто, уоттаах чолбон сμμрμμтμн курдук,
«сур» гынан хаалла да,
Айы²а Сиэр тойо²²о,
Айыы Нура±алдьын эмээхси²²э кэлэн эттэ
¥рμ² Аар тойон эппитин курдук.
Онуоха μс кμ³с бысты²ын холобурдаах
таалан олордулар о±онньордоох эмээхсин;
ол гынан баран,
о±онньор к³хсμн этитэн баран эттэ:
— «Мин о±олорбун —
нохтолоох сμрэ±им ытар±ата,
хайхах хара быарым тулаайа±ын курдук
саныыбын эбэт!
Оон-ньа улахан тойоттор эппиттэрин
Хайтах гыныамый?
Тμ´эрэн к³рμ³м буолла±а да…
Ол тойотторго
чуо-бааччы ту´ааннаах суорумньу,
итэ±эллээх илдьит буол эрэ.
Мин уолум т³рμ³тэ±инэ,
часкыйан ытаабыт са²атыгар
бу сатыы ма±ан халлаан,
кута курдук кμ³гэлдьийэн хамнаабыта,
санда±алаах ма±ан халлаан
атыйахтаах уу курдук дьалкыйа сыспыта.
Онон, мин санаабар,
кμдэн хара моонньохтоох,
ньыгыл хара борбуйдаах,
бараа хара бытчы²наах,
суон модун моонньоох,
халы² ньыгыл баппа±айдаах,
25