Page 22 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 22
Ар±аа диэки ³ттμн одуулаан турдахпына,
а±ыс μ³стээх Араат байа±аллаах эбит.
Сир гиэнэ киинэ сир буолан,
сириэдийбит эбит,
дойду гиэнэ долгурата буолан
туругуран тупсубут эбит;
у²уоргута биллибэт,
ула±ата к³стμбэт
у´ун дураар толоон буолан
му²утаабыт эбит;
киэ²э биллибэт,
кэрдиитэ к³стμбэт
кэтит сир буолан сириэдийбит эбит;
устата отут к³ст³³х,
туората уон к³ст³³х,
ортотугар туох да ото-ма´а суох
чыыстай дойду эбит.
— «Арай бу сиргэ бухатыыр
олоруон с³п дойду эбит», —
дии саныыллар эбит.
Ньургун Боотур Айталы Куо иккини
Орто дойдуга олохтууллара
¥³´ээ²ҥи Одун биис о±онньор, Дьыл±а тойон Орто дойду
дьонун к³рд³´μμлэрин ¥рμ² Аар тойо²²о тиэрдэр уонна Айы-
²а Сиэр тойо²²о, Айыы Нураҕалдьын хоту²²а т³р³³н сытар
Ньургун Боотуру уонна Айталы Куону Орто дойдуга олохтуурга
этэр:
Бу орто сатыы ма±ан халлаа²²а,
килбиэннээх кирилиэ´ин μрдμгэр,
тунал±аннаах туйгун туонатын μрдμгэр олорор
Айы²а Сиэр тойо²²о,
Айыы Нураҕалдьын эмээхсин хоту²²а
сибилигин т³рμ³н сыталлар уоллаах кыыс.
Уоллара иккитэ, кыыстара биирэ буолла.
Бу уолларын аата —
«То±ус халлаан μрдμгэр тура т³рμ³бμт
тиити т³ргμμ мутугунан холобурдаах
тэбэр тура±ас аттаах
Дьулуруйар Ньургун Боотур» диэн
ааттаах бухатыыр т³рμ³н сытар.
22