Page 19 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 19
Аа±ыы, ырытыы
ОЛОҤХО
Саханы саха дэппит, аар-саарга, ураты дойдуларга сура-
ҕырпыт олоҥхобут үөскээбит төрдө тугуй? Олоҥхо хаһан баар
буолбутай? Тоҕо олоҥхону ЮНЕСКО аан дойду, киһи аймах
саамай чулуу айымньытынан ааттаата? Бу туһунан санаан көр-
бүтүҥ дуо?
Билигин үгүс чинчийээччи олоҥхону өбүгэ төрүппүт кэлэр
көлүөнэҕэ кэриэс гынан хаалларбыт кэс тыла диэн ааттыыр.
Ол кэс тыла диэн олоҥхоҕо умсулҕаннаах уус-уран тылынан
олох-дьаһах, өй-санаа, былыргы былдьаһыктаах, быһылааннаах
кэм майгытын-сигилитин туһунан дьүһүйбүтэ ааттанар эбит.
Ону ааһан олоҥхо киэҥ халлаан, көстөр-көстүбэт эйгэ киэли-
тин, сир-дойду, олох хайдах үөскээбитин, итэҕэл, сиэр-туом
аналын, тулалаан турар аан дархан айылҕа туһунан билиини
тиэрдэр. Оттон саамай сүрүнэ — киһи олоҕу салгыыр аналын,
олох олорорго дьулуурун, эр киһи, бухатыыр айыы аймаҕын
араҥаччылыыр, көмүскүүр, олоҕу туругурдар аналлааҕын ил-
бистээх тыл күүһүнэн иҥэрэр айымньы. Олоҥхо киһи бары-
ны бары кыайар, хайдахтаах да ыараханы, моһолу туоратар
кыаҕар, күүһүгэр, дьулууругар муҥура суох эрэли, итэҕэйиини
иитийэхтиир, айыы санаалаах киһини өрө тутан умсугутан туо-
йар ураты тыыннаах. Ол аата олоҥхоһут диэн айар, ыллыыр-
туойар, эгэлгэлээн этэр-тыынар талаанын таһынан, итиниэхэ
барытыгар дириҥ билиилээх-көрүүлээх киһи буолан дьону-
сэргэни сөхтөрөр эбит. Онон олоҥхоһут идэтэ ойууну, ууһу
кытта тэҥинэн өрө тутуллар кэмнээх этэ.
Биһиги дьолбутугар XIX үйэҕэ үөрэхтээх политсыылынайдар
саха тылын, тылынан уус-уран айымньытын, итэҕэлин кэрэх-
сээн, сэргээн дьаныһан туран үөрэппиттэр. Онон олоҥхо су-
рукка-бичиккэ киирэн, син бэчээттэнэн испит эбит. 1930-с
сыллартан саҕалаан П. А. Ойуунускай курдук улуу киһилээх
буоламмыт, иилээн-саҕалаан тэрийбит институтун үлэһиттэ-
рэ кини быһаччы дьаһалынан саха үгүс олоҥхотун, сэһэнин,
ырыатын-тойугун хомуйан, суруйан архыыпка харалтаҕа туттар-
быттара. П. А. Ойуунускай бэйэтэ оҕо эрдэҕиттэн үгүс олоҥ-
хону истэн, бэйэтэ толорон улааппыт киһи. Кэлин даҕаны өрүү
олоҥхоһуттары кытта бодоруһан, доҕордоһон, олоҥхону куруук
сэргээн истэрин ахталлар эбит. Ол түмүгэр, бэйэтэ этэринэн,
«отут олоҥхоттон түмэн» «Дьулуруйар Ньургун Боотур» диэн
36 тыһыынча устуруокалаах сүдү олоҥхону айан хаалларбыта.
19