Page 15 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 15

Ааҕыы, сэһэргэһии

                           Үҥкүү ырыата

    Чурапчы улууһун Болтоҥо нэһилиэгин олохтооҕо Иев Нов-
городов тылыттан суруллубут уонна уһуллубут ыһыах үҥкүүтүн
ырыата.

                       Көрдөөх күөх от үрдүгэр
                       Көрсүспүччэ көрүлүөҕүҥ,
                       Көмүс доҕотторуом!
                       Ытык кырдьаҕастарбыт
                       Ыллаабыт ырыаларын
                       Ыллыаҕыҥ дуу, доҕоттоор!
                       Үтүө өбүгэлэрбит
                       Үҥкүүлээбит үҥкүүлэрин
                       Үҥкүүлүөҕүҥ дуу, доҕоттоор!
                       Урукку удьуордарбыт
                       Оонньообут оонньууларын
                       Оонньуоҕуҥ дуу, доҕоттоор!
                       Саалыыр сылгым
                       Саары быһарынан
                       Саллырҕаччы кэһэн туоруур
                       Саамал кымыс садырыыннаах
                       Самаан сайын ийэкэбититтэн
                       Саҥарсыаҕыҥ!
                       Күөх бэдэр кыылым
                       Көхсүн уорҕатын түүтүн
                       Күөйэ-хаайа соппут курдук,
                       Көрдөөх күөх сайын ийэкэбититтэн
                       Көрүлүөҕүҥ!
                       Эскэл тыйым
                       Эриллэҕэс сиэллээх кутуруга эҕэрдэлээх
                       Эдьэн Иэйэхсит* ийэм
                       Нэлэмэн маҥан аартыга
                       Тэлэлиннэ нии, доҕоттоор!
                       Улаан убаһа уҥуохтуун
                       Уйуллаах кутуруга уруйдаах,
                       Нэлбэн Айыыһыт* ийэ
                       Алгыстаах айыы тыргыл аартыга
                       Арылынна, атастаар!
                       Сиэллээх эбирдээх,
                       Төлкөлөөх түптээх хамыйах түөрэхтээх

                                                                                                                                      15
   10   11   12   13   14   15   16   17   18   19   20