Page 13 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 13

Доҕотто-о-ор!
                 Дьэ-э-э дэ-э-э!
                 Ыраас буорум үрдүгэр силлибэт ситэлгэ
                 Тэрилиннин диэхпит буоллун!
                 Оҕоло-о-ор!
                 Дьэ-э-э дуо-э-э!
                 Орто буорум үрдүгэр
                 Уурайбакка уһун уйгу олоҕурдун!
                 Оҕоло-о-ор!
                 Дьэ-э-э дуо!
                 Кэтит дайдым үрдүнэн
                 Кэтит кэһии тэлгэннин дэ-ээ!
                 Э-э-э дуо-о!
                 Сааларым тиийбэт чалбаҥа тардылыннын!
                 Доҕотто-о-ор!
                 Дьэ-э-э дуо-о!
                 Улуу дайдым үрдүнэн
                 Ураҕас тиийбэт уһун уйгута
                 Олохтоннун, оҕолоор!
                 Дьэ-э-э дуо-о!
                 Кэтит дайдым үрдүнэн
                 Тэҥкэ тиийбэт дириҥ түһүлгэтэ
                 Тэрилиннин дэ-э-э!
                 Дьэ-э-э дэ-э-э!
                 Кэнэҕэһин тохору, кэскил буоллун!
                 Доҕотто-о-ор!

      Тылбытын байытабыт

    Иэйэхсит — саха мифологиятынан киһи, сүөһү айыыһыта, үксү-
гэр ынахсыт суолтатыгар туттуллан, ынах сүөһүнү араҥаччылыыр
айыы.

    Сиэр-туом тылдьытын ситэрэн өбүгэлэрбит былыр Орто дой-
    дуну анааран, ойуулаан-хоһуйан көрүүлэрин бэйэҕэр иҥэ-
    рин, тускар туһан: Айбыт Айыыһыт. Аҕыс айыыбыт. Дьэһэ-
    гэй. Аартык. Тийгэн. Үрүҥ сүлүйгэй. Туксарбыт. Илгэ. Кэс-
    кил. Сэлэ. Симиир (иһит).

                                                                                                                               13
   8   9   10   11   12   13   14   15   16   17   18