Page 16 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 16

Дьөһөгөй Айыы
                   Түүлээх мөлбөрөҥ маҥан аартыга
                   Төлөрүйдэ нии, доҕоттоор!
                   Күтүр дьылбыт көлбөрүйдэ,
                   Кырыа хаарбыт
                   Кылыгыр уу буолан,
                   Кылбайа сүүрдэ.
                   Кынаттаах кыылбыт
                   Кытай сириттэн кэлэн кыттыста,
                   Хотоҕойдоох кыылбыт
                   Хоро сириттэн кэлэн холбосто,
                   Дайды хара тыабыт кыыла дьаарбайда,
                   Далай балыга чаллырҕаччы ыата,
                   Сүүрэр атахтаахпыт
                   Турууланан тубуттаата,
                   Көтөр кынаттаахпыт
                   Сытыылайан сымыыттаата.
                   Дьаҕыл хара тыабыт
                   Чаппарааҕын тардынна,
                   Эҥээр хара тыабыт
                   Илбиргэһин иилиннэ,
                   Күкүр хара тыабыт
                   Күөх долгуннаах солко курдук,
                   Көҕөрөн күндээрдэ.
                   Сибиир ийэбит
                   Сиибиктэ күөх симэҕин ситэриннэ,
                   Аан дойдубут
                   Ача күөх отун анньынна.
                   Соноҕос атыыр сылгы барылаччы кистээтэ,
                   Кунан оҕус лөҥкүнэччи мөҥүрээтэ,
                   Кытыт биэ сылгы дьырылаччы иҥэрсийдэ,
                   Бургунас ынах кыыгыначчы ыҥыранна.
                   Ыылаах тиэргэн ыраатта,
                   Дьоллоох тиэргэн тунуйда,
                   Унаар түптэ олохсуйда,
                   Тоҕус тиит мас хараҕалаах
                   Турум сэлэ тиирилиннэ,
                   Сатыы бүкээк саайылынна,
                   Мохсуо маҥан тиэргэн соноото,
                   Кытыт биэ кымыстанна,
                   Ийэ биэ этэттэннэ.
                   Чороон айах чуоҕуйда,
                   Кэриэн айах кэккэлээтэ,

16
   11   12   13   14   15   16   17   18   19   20   21