Page 11 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 11
Биһи дьон тиэрэҥнээбит сирбитигэр
Чөркөй кус сымыытын курдук,
Үрүҥ сүлүйгэйи* чөллүргэччи
Түһэрэ тур!
Оҕоло-о-ор!
Кэнчиэри киһитин кэскиллиэҕин иһин,
Кэрэ биэни кэһиилээбит, оҕоло-о-ор!
Тулаайаҕын торолутуоҕун туһугар
Туҥуйун туксарбыт*, оҕоло-о-ор!
Дьэ-э, дуо-о!
Ыччатын аһатыаҕын иһин
Аҕыс айыыбыт тиэргэни
Атыырдаах гына анаабыта үһү,
Оҕоло-о-ор!
Соноҕос атыыр сылгым
Түмүктээх буолбут үһү,
Доҕотто-о-ор!
Тиэргэним иччитэ, хотой айыыларбыат,
Холбооттуу туруҥ, оҕоло-о-ор!
Дьэһэгэй Иэйэхситтэр, тиэргэн туругурдун!
Оҕоло-о-ор!
Дьэ-э, дуо-о!
Тоҕус хараҕалаах тойон сэлэни
Тупсарда диэммит, туойаахтыаҕыҥ!
Доҕотто-о-ор!
Сыспай сиэллээхпит салайа тур диэммит,
Саҥарсыаҕыҥ! Доҕотто-о-ор!
Үрүҥ түүлээҕи үөрдүү турдун диэммит,
Үөгүлүөҕүҥ, доҕотто-о-ор!
Маҕан түүлээҕи бааралаатын диэммит,
Маргыһыҥ эрэ!
Доҕотто-о-ор!
Тус илин диэкиттэн кини ааттыга
Көстө тура күҥкүйэ үрэх курдук
Көһүннэ эбээт!
Доҕотто-о-ор!
Икки хаардаах бугул саҕа
Үрүҥ күүгэнинэн үллэ турар үһү эбээт!
Доҕотто-о-ор!
Ааспытын аһатыаҕын иһин
Аартыгын аһан эрэр эбит,
Доҕотто-о-ор!
11