Page 7 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 7
гыс тойуктарыттан силис тардар. Чуолаан, Үрдүк Айыылар-
га аналлаах ыһыах алгыстарыттан ситимнээхтэрэ ыс-ыһыах,
эс-эһиэх диэн тыллартан эһиэкэй, оһуокай диэн хас биирдии
түмүк санаа, тиэмэлээх этии кэнниттэн хатылаан этиилэр үөс-
кээбиттэрэ сэрэйиллэр. Үҥкүү поэтическай өттүнэн кэҥээн-
сайдан истэҕин аайы оһуокай диэн тиэрмин хото туттуллар
буолбута сэрэйиллэр диэн этиэххэ сөп.
Былыргы үҥкүү тылын сүрүн тиэмэтинэн Айыылары, иччи-
лэри алҕааһын, уруйдааһын-айхаллааһын, кинилэргэ сүгүрүйүү,
уйгуну-быйаҥы көрдөһүү буолара биллэр. Ол түмүгэр «Айыы-
һыт тойуга», «Иэйэхсит ырыата», «Дьөһөгөй ырыата» диэн
ыһыах түһүмэллээх ырыалара-тойуктара үөскээбиттэрэ. Ыһыах-
ха этиллэр алгыс тыллара, үҥкүү тылыгар, онтон сыыйа по-
этическай импровизация көмөтүнэн тойук-поэмаларга тиийэ
дьүһүн кубулуйан испиттэр быһыылаах. Маҥнай былыргы үҥ-
күү тыла алгыс курдук кинотическай тиэкистээх, алгысчыт
барыта Айыылары алҕаан-силэйэн, үҥэн-сүктэн алгыһы толо-
рорун курдук биир ис хоһоонноох, тиэмэлээх эбитэ буолуо,
онтон алгысчыттар тута хоһуйан толоруулара кэҥээн, сайдан,
поэтическай өттүнэн кэрэхсэбили ылан, түһүлгэлээн этиигэ
дириҥ ис хоһоонноон, эгэлгэ тиэмэлээн испиттэрэ сабаҕала-
нар. Сунтаар сурахха киирбит үҥкүүһүттэрэ В. Мохордооноп
аар баҕах туһунан үҥкүү тылынан хоһуйууну хас да ыһыахха
салҕаан этэрэ биллэр, оттон М. Михайлов — Бэһэлэйдээх Мэ-
хээлэ Бүлүү эбэ хотуну хоһуйан Сүлдьүкээртэн Хотугу Муус-
таах муораҕа тиийэ аҥаардас «б» дорҕоонунан хоһуйара кэп-
сээҥҥэ киирэ сылдьар.
В. В. Илларионов
Аах. Бил. Туһан
1. Ефимова Л. С. Лексико-стилистические особенности языка
хороводных песен якутов. Автореф. дисс… канд. филол.
наук. — Якутск, 2004.
2. Жорницкая М. Я. Народные танцы Якутии. — М. : Наука,
1966.
3. Лукина А. Г. Традиционные танцы саха. — Новосибирск :
Наука, 2004. — С. 278–302.
4. Петров Н. Е. Оскуолаҕа оһуокай. — Дьокуускай : Кинигэ
изд-вота, 1989.
5. Петров Н. Е. Хороводные песни осуохай как жанр якутского
фольклора // Сов. тюркология, 1990. — № 3. — С. 7—14.
7