Page 3 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 3

Күндү үөрэнээччилэр!

    Эһиги үөрэх сүрүн оскуолатын түмүктүүр дьоһун кирбиигэ киирди-
гит. Быйылгы үөрэх сыла эһиги кэнэҕэски олоххутугар тирэх буолар
өй-санаа, сиэр-майгы күүһүн биэриэҕэ. Ол курдук саха дьоно буолар-
быт быһыытынан омукпут үйэлэргэ өрө туппут, туохха да тэҥнэммэт
улуу кылаатын, тылынан уус-уран айыы муҥутуур чыпчаалынан буол-
бут айымньыларын ааҕар, ырытар, онон өй-санаа баайын иҥэринэр
үтүөкэн түгэҥҥэ үктэннигит.

    Эһиги саха олоҥхотун П. А. Слепцов—Ойуунускай отут олоҥхону
таҥан оҥорбут «Дьулуруйар Ньургун Боотурун» ааҕар, ырытар кыах-
таммыт бэлиэ сааскыт үүннэ. Тоҕо саха норуота олоҥхотун өйүн үр-
дүгүнэн, олоҕун мындырынан, тугунан да солбуллубат үйэттэн үйэҕэ,
көлүөнэттэн көлүөнэҕэ ытык тыл быһыытынан бэриллэр сүдү кылаа-
тын быһыытынан билинэрий? Ону ырытан, чинчийэн көрөр кыахха
киирдигит. Омукпут ис кичим үйэлэри сырдатар, уҥуордуур үрдүк
өйүн, үтүө-кэрэ сиэрин, омуктуу, биһиги билигин туттар тылбытыгар
киллэрдэххэ — алгоритмын, куодун, эбэтэр ытык тылын кистэлэҥэ
тугуй, туохханый диэн быһаарсар, онон олох суолун тускулуур суолу
тобуларга турунар кэммит саҕаланна.

    Ону тэҥэ үөрэх кинигэтигэр саха норуотун дьылҕатын кэрэһиттэ-
ринэн буолбут, саха тыллаах баарын тухары кэскилин салайсар үтү-
мэн үрдүк өй, иэгэйэр икки атахтаахха уостубат таптал тыынынан
айыллыбыт «Ойуун түүлэ», «Кыһыл Ойуун» курдук, улуу сиксигин, чүөм-
пэтин булларбатах бөлүһүөк айымньылары ааҕыаххыт, устата-туората
муҥурдамматах, дириҥ далай өй-санаа киэлитигэр киирсэн толкуйгут
тобуллуо, санааҕыт, олоҕу көрүүгүт, олоххо сыһыаҥҥыт уларыйыа.

    Киһи аймах муудараһа үйэлэртэн үйэлэргэ кинигэлэргэ сөҥөн
мунньуллар. Кинигэни эрэ аахтаххытына, ол түгэҕэ биллибэт дириҥ
билии чүөмпэтиттэн чэгиэн-чэбдик, сырдык-ыраас өйү-санааны ый-
махтааҥҥыт үтүө көлүөнэ буола үүнүөххүт, мааны дьон буола улаа-
тыаххыт.

    Уус-уран литература — норуот хайдах сайдан испитин бэртээхэй
кэрэһитэ.

    Саха уус-уран литературатын суола төһө даҕаны ыараханын, уус-

                                                                                                                                       3
   1   2   3   4   5   6   7   8