Page 4 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 4

тугун иһин, киһи аймах кэрэҕэ, үчүгэйгэ тардыһар сиэрин-майгытын
саамай үтүө үгэстэрин ханнык даҕаны кэмҥэ ыһыктыбатаҕа уонна
суолдьут сулус буолан бэйэтин норуотун үрдүккэ-ордукка, саҥаҕа-со-
нуҥҥа сирдээбитэ.

    Ол курдук А. И. Софронов — Алампа «Олох оонньуура» драматын
ааҕыаххыт. Драма хас биирдии уобараһа, тыла-өһө — барыта олох
сэһэнэ. Бэйэтин суруллубут, ойуулуур кэминэн муҥурдаммат, биһиги
күн бүгүҥҥү олохпутугар көрсөр кырата суох уустуктарбытын, ыара-
хаттарбытын, олох эгэлгэ көнө уонна тиэрэ эргиирдэрин ырытан тол-
куйдуурбутугар тирэх буолар айымньы.

    Оттон Н. Д. Неустроев, Д. К. Сивцев — Суорун Омоллоон, Н. Е. Мор-
динов— Амма Аччыгыйа, С.П. Данилов, В.С. Яковлев — Далан, П.Н. То-
буруокап курдук саха норуотун тапталлаах суруйааччыларын айымньы-
лара эһиэхэ үгүс санааны, толкуйу үөскэтиэхтэрэ, уйулҕа үөрүүтүн,
киһи барахсан олох эгэлгэ эргииригэр эриллэн буһуутун-хатыытын
ырытан, ыараҥнатан көрөргө көҕүлүөхтэрэ. Ол буолар — уус-уран
литература нөҥүө олоҕу билгэлээһин, билии, сиэрдээх, киһилии май-
гыга уһуллуу, үтүө олоххо дьулуурдаах буолуу тыынын иҥэринии.

    Саха суруйааччыларын бары көлүөнэлэрэ күөдьүппүт өркөн өй-
дөрүн төлөнө, кинилэр ыспыт сүрэхтэрин истиҥ иэйиитэ бар дьон-
норугар мэлдьитин тыыннаахтар.

    Норуот дьолун туһугар дьулууру кынаттыыр өркөн өй, хорсун, сы-
лаас сүрэх уус-уран умсулҕаныгар ситиһиилээх айаны баҕарабыт!

                                                                                             Ааптардар
   1   2   3   4   5   6   7   8   9