Page 9 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 9
түһүлгэҕэ киирэн туран хайа тиэмэни талан үҥкүүлүүллэрин
сүбэлэһэллэриттэн сыаллаатахха, көҥүл хоһуйан этии хааччах-
танар, бэлэм мэлдьи толоруллар үҥкүү тылларын саҕалаан
этэллэрэ сэрэйиллэр.
Бу өттүнэн ылан көрдөххө, бүлүүлүү үҥкүүгэ тиэмэнэн хаач-
чахтаныы, хаайтарыы суох. Онуоха С. А. Зверев — Кыыл Уола
оһуокай олоҥхо курдук баай ис хоһоонноох диэбитэ да туоһу-
луур. Кини этэринэн, былыргы үҥкүүһүттэр дьыл түөрт кэмин
эргитэн, ыһыах ыһыытын, сир-дойду үөскээһинин, Айыылары,
иччилэри, аар баҕаҕы, ыһыах дьонун, барытын туc-туһунан
тиэмэлээн түһүлгэттэн түһүлгэҕэ уустаан-ураннаан этэллэр
эбит. Аар-саарга аатырбыт үҥкүүһүт бэйэтин кэмин талба та-
лааннаахтарын В. Мохордооноп, Д. Кырыылаахап, М. Михай-
лов — Бэһэлэйдээх Мэхээлэ, И. Доҕойуукап — Ырыа Доҕойук,
С. Каратаев — Дыгыйар ааттарын үрдүктүк тутара, уран тыл
ууһугар уһуйбут учууталларынан ааҕара. Кинилэртэн утумнаан,
С. Зверев хомоҕой хоһоонноох үтүө үҥкүүһүт, түһүлгэ түсчүтэ
буолар. «Аман өс» кинигэҕэ «Түһүлгэҕэ ыҥырыы», «Холбоһук
хоһооно», «Сахам дьоно», «Үс Бүлүү Хотун» диэн үҥкүү тылынан
айыллыбыт импровизациялара киллэриллибиттэрэ.
С.А. Зверев—Кыыл Уола үҥкүүһүт быһыытынан чуолаан оһуо-
кайы кэрэ чуор кылыһахтаах тойугу сэргэ поэтическай им-
провизацияны аҕа көлүөнэ үҥкүүһүттэртэн утумнаан, салгыы
сайыннарбыта. Урукку өттүгэр үгэс буолбут тиэмэлэргэ Айыы-
лары, сири-дойдуну, айылҕаны, сайын кэлиитин, ыһыах аһыл-
лыытын хоһуйан этии баһылыыр эбит буоллаҕына, С. Зверев-
тэн саҕалаан күннээҕи олох, холкуос, сопхуос үлэтэ-хамнаһа,
Аҕа дойду сэриитин тиэмэтэ, үбүлүөйгэ сөп түбэһэр тиэмэлэр
хойуутук киллэриллибиттэрэ.
В. В. Илларионов
Ааҕыы, ырытыы
БЫЛЫРГЫ ҮҤКҮҮ ЫРЫАТА
Политсыылынай, биллиилээх тыл үөрэхтээҕэ уонна фоль-
клорист С. В. Ястремскай «Образцы народной литературы яку-
тов» (Л., 1929) диэн үлэтигэр «Былыргы үҥкүү ырыата» киллэ-
риллибит (киин оройуоннарга суруллубут). Бу туһунан Н. Е. Пет-
ров маннык суруйбут: «Көстөрүн курдук, бу эмиэ бүлүүлүү үҥ-
күү тылыттан букатын атын ритмическэй тутуллаах хоһоон.
9