Page 12 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 12

Туоххаһыйбытын тоторуоҕун иһин
                   Үрүҥ күүгэнинэн үлүннэрдэ,
                   Доҕотто-о-ор!
                   Дьэ-э, дуо-о!
                   Иэйэхсит хатын иһэрэ
                   Илэ-бааччы иһилиннэ эбээт!
                   Оҕоло-о-ор!
                   Э-э-э дуо-о!
                   Толон самыыр норойуонайдаах эбээт!
                   Оҕоло-о-ор!
                   Э-э-э дуо-о!
                   Дорҕоон этиҥ суорумньулаах үһү!
                   Доҕотто-о-ор!
                   Уот чаҕылҕан кымньыылаах эбээт!
                   Оҕоло-о-ор!
                   Ыадаҥ ыаҕас ындыылаах эбит эбээт!
                   Доҕотто-о-ор!
                   Дьэ-э дуо-о!
                   Тийгэн* симиир кэһиилээх!
                   Оҕоло-о-ор!
                   Э-э-э дуо-о!
                   Чохчой көҕөн бөктүргэлээх үһү!
                   Доҕотто-о-ор!
                   Дьэ-э-э дуо-о!
                   Ой томторук тоҥолохтоох эбит эбээт!
                   Доҕотто-о-ор!
                   Дьэ-э-э, дуо-о!
                   Эриэн ситии энньиргэлээх ини дэ-э!
                   Доҕотто-о-ор!
                   Чэйиҥ, доҕоттоор, уурайарбыт буолла!
                   Удьуор тохору оҥоруу буоллун!
                   Оҕоло-о-ор!
                   Э-э-э дуо-о!
                   Кэнэҕэһин үйэ тохору
                   Кэскил буоллун диэн этиэҕиҥ,
                   Доҕотто-о-ор!
                   Э-э-э дуо-о!
                   Удьуор тохору уурайбакка
                   Оҥоһулла турдун, доҕоттор!
                   Э-э-э дуо-о!
                   Тохтообокко тулхадыйбат туураны
                   Туураланнын диэн туомнаатахпыт буоллун!

12
   7   8   9   10   11   12   13   14   15   16   17