Page 17 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 17

Арыы тыа саҕа
                 Араҕас чэчир анньылынна,
                 Дириҥ түһүлгэ тубуста,
                 Чопчу бастаах чуоҕуста,
                 Икки атахтаах элбээтэ,
                 Эҕэрдэлээх ыһыах диэн буолла!
                 Түөрт уон туос түгэхтээх,
                 Отут туос ортолоох,
                 Сүүрбэ туос үрүттээх,
                 Сүүс сүүрбэ былас
                 Дьарҕаа кыл быа ииччигэннээх,
                 Үс курдуулаах
                 Ойуулаах даллакалыыр ураһам олордо.

      Тыыннаах тыл

Былыргы үҥкүү ырыатын ис номоҕо туох буоларын бэйэҕит тыл-
    гытынан кэпсээҥ.

Былыргы уонна аныгы үҥкүү ырыаларын уратылаһар уонна
    маарыннаһар өрүттэрин булан кэпсэтиигэ кыттыс, бэйэҥ са-
    нааҕын эт.

      Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга

Оһуокай — дьүөрэ тылынан сатаан саҥарыы, хомоҕойдук тута хо-
һуйуу уус-уран оскуолата. Сир-дойду, айылҕа кэрэтин оһуокай
тылынан тута хоһуйарга холонон көрөрүҥ уус-уран баай тылла-
наргар төһүү буолуо.

                                                                           ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ

1. Талан ылбыт тиэмэҕэр үлэни устуоруйа, этнография уон-
    на фольклор чахчыларыгар сигэнэн оҥороруҥ түмүктээх,
    итэҕэтиилээх буолуо.
   «Ыһыах, оһуокай үөскээн сайдан испит устуоруйата».
   «Оһуокай былыр уонна быйыл».
   «Оһуокай ускуустуба үс көрүҥэ: поэзия, ырыа, үҥкүү
      бииргэ силбэспит норуот дьикти айымньыта».

2. Улуус-улуус аайы оһуокай үҥкүү матыыба, хамсаныыта
    уратылардаах буолар. Маныаха үс суол хайысханы — фоль-

                                                                                                                               17
   12   13   14   15   16   17   18   19   20   21   22