Page 18 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 18
клористиканы, муусука үөрэҕин, хореографияны тутуһуох-
ха сөп. Бу туһунан чинчийээччилэр Васильев Г. М., Жор-
ницкая М. Я., Илларионов В. В., Лукина А. Г., Петров Н. Е.,
Ефимова Л. С. уо.д. а. үлэлэриттэн сиһилии билис.
3. Үҥкүү ырыатыгар аллитерация туттуллуутун ырытыы суол-
талаах.
4. «Оһуокай — эмтээх үҥкүү дуо?», «Оһуокай эмтиир ис кис-
тэлэҥэ тугуй?» Манна хоруйдуур чинчийии ыытан көрүөххэ
сөп.
АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ
1. Оһуокай араас матыыбын, толоруллуутун истэн, эбэтэр са-
тыыр оҕо этэрин үтүктэн үҥкүүгэ кыттыһарыҥ өбүгэ үйэ-
лээх үгэһин үйэтитэргэр кыах биэриэ.
2. Бэйэҕит күүскүтүнэн элбэх оҕону хабан, эрдэттэн үчүгэйдик
бэлэмнэнэн, оһуокай үҥкүүтүн араастарын тутуһан, кэрэ
көстүүлээхтик оһуокай түһүлгэтин тэрийиэххитин сөп.
3. Олорор сиргитигэр биллэр оһуокайдьыт дьонтон үҥкүү ты-
лын тиэкиһин суруйан, видеоҕа устан хаалларарга кыһал-
лыҥ.
ЛИТЕРАТУРАЛАР АЛТЫҺЫЫЛАРА
Атын норуоттар оһуокайга маарынныыр сиэргэ-туомҥа
аналлаах үҥкүүлэрэ сээдьэ (эбээн), гэсугур (эбэҥки), лоҥдол
(дьүкээгир), йохор, нэрьелгэ (бүрээт) туох маарыннаһар өрүт-
тээх буолуохтарын сөбүй? Дашинима Санжиевич Дугаров бү-
рээт үҥкүүтүн туһунан «Древний хори-бурятский обрядовый
хоровод нэрьелгэ» ыстатыйатыттан бэлиэтээһиннэри ааҕыҥ,
бэйэҕит санааҕытын үллэстиҥ.
КЭРЭ ЭЙГЭТИГЭР
Ойуулуур-дьүһүннүүр эйгэҕэ Михаил Носов 1946 сыллаах-
ха уруһуйдаабыт «Саха былыргы үҥкүүтэ» хартыынатын,
1902 сыллаахха былыргы оһуокайы хаартыскаҕа түһэрэн үйэ-
типпит бөдөҥ чинчийээччи В. Йохельсон уонна фотограф Бо-
лот Бочкарёв 2012 сыллаахха «Оһуокай — аан дойдуга саа-
май улахан хоробуот үҥкүүтэ» үлэлэрин тэҥнээн көрөн туох
түмүккэ кэлиэххэ сөбүй?
18