Page 21 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 21
баастаабыта, улахан киирии тылы суруйбута. Сы´ыарыытыгар
бу киэ²ник тар±аммыт оло²хо 12 барыйаанын кылгас ис хо-
´оонун биэртэлээбитэ. Сμμстэн тахса уустук ³йд³бμллээх уон-
на эргэрбит олук тыллары, 64 оло²хо дьонун, сирин-дойдутун
анал ааттарын бы´аарбыта. Г. У. Эргис улахан буукубаны усту-
руока аайы буолбакка, оло²хо±о этиитэ са±аланыытыгар эрэ
туруортаабыта, тылы таба суруйууга оло²хо´ут тылын тутуспу-
та. Би´иги манна Г. У. Эргис та´аарыытыгар оло±урдубут. Ол
гынан баран, бу балачча улахан кээмэйдээх оло²хону лаппа
кылгаттыбыт. Онон к³ппμт миэстэлэр кылгас ис хо´ооннорун
кэпсээн киэбинэн суруйдубут.
Сирэ-дойдута
Тулларытта±ас хатырыктаах томороон мастаах,
улуу тумуллаах, э²эр халдьаайылаах,
очуос булгунньахтаах,
кыйыра к³т³ турар кы´ыл кумахтаах,
³рμкμйэ к³т³ турар кы´ыл буордаах,
лачыгырыы тохто турар таастаах,
ти²э´э ынах са±а дэриэспэ таас тибиилээх,
кунан о±ус са±а лочугурас таас буур±алаах,
то±ус уон μрэх куугунаан киирэн холбоммут
холборо² ма±ан хочолоох эбит;
а±ыс уон μрэх араллааннаан айгыстан,
айдааран-айманан киирэн,
аан ийэ дойду буолан,
аатырбыт-аарыгырбыт эбит;
сэттэ уон μрэх сиэлэн-хааман
дьиги´ийэн киирэн кэ²ээн-у´аан,
сир ийэ буолан сириэдийбит эбит.
Со±уруу диэки к³рд³хх³ —
то±ус атыыр сылгы
дьохсоотто´о туралларын курдук,
то±ус хо²орой дуорсун тумуллаах эбит;
илин диэки эргитэ к³рд³хх³ —
киис кыыл кэтэ±ин тμμтμн
кэдэритчи туппут курдук,
кэ²кил хара тыалаах эбит;
хотугу ³ттμн диэки эргитэ к³р³н турдахха —
а±ыс хара ма±аас атыыр о±ус
харсан лачыгыра´а туралларын курдук,
а±ыс тараах суорба таас хайалаах эбит.
21