Page 14 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 14

Анаан дьүүллэһии

    1. Оһуокай бу кэрчигэр ханнык көстүү буолан эрэрэ этиллэ-
        рий?
                     Тус илин диэкиттэн кини ааттыга
                     Көстө тура күҥкүйэ үрэх курдук
                     Көһүннэ эбээт!
                     Доҕотто-о-ор!
                     Икки хаардаах бугул саҕа
                     Үрүҥ күүгэнинэн үллэ турар үһү эбээт!
                     Доҕотто-о-ор!
                     Ааспытын аһатыаҕын иһин
                     Аартыгын аһан эрэр эбит,
                     Доҕотто-о-ор!
                     Туоххаһыйбытын тоторуоҕун иһин
                     Үрүҥ күүгэнинэн үлүннэрдэ,
                     Доҕотто-о-ор!
                     Дьэ-э дуо-о!
                     Иэйэхсит хатын иһэрэ
                     Илэ-бааччы иһилиннэ эбээт!

    2. Иэйэхсит хатын иһэрин ойуулуур тыллары булан кэпсэтиигэ
        кытын (х о л о б у р, толон самыыр норойуонайдаах. Кини
        кэлбит бэлиэтигэр ардахтаабыт …).

    3. Үҥкүү ис хоһоонугар этиллэр «Айыы аартыга» диэн тоҕо
        үөскээбитэ буолуой? «Айыы аартыга» диэни аныгы киһи
        хайдах өйдүөн сөбүй?

    4. Өбүгэлэрбит Айыылар, иччилэр диэни хантан толкуйдаан
        таһаарбыттара буолуой?
                     Иитэр Иэйэхсиппит истэн иэнигий, …
                     Айбыт Айыыһыт хатын
                     Араҥаччылыы тур, …
                     Тиэргэн иччитэ, тэрийэ тур…

  14
   9   10   11   12   13   14   15   16   17   18   19