Page 10 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 10
Кини эмиэ уус-уран өттүнэн олус бэрт, Эллэй ыһыаҕын аһар
алгыстарга ис хоһоонунан чугас уонна бүлүүлүү дьиэрэтии
ырыанан түһүлгэҕэ туойарга бэрт уһун, 110-ча устуруокалаах.
Ол эрээри, дэгэрэҥнэтэн туойан, үҥкүүлүү сылдьан этиллэрэ
чуолкай көстө сылдьар».
Дьэ-э, дуо-о!
Эбэн-сабан этэн, иһиэҕиҥ,
Оҕоло-ор!
Кэккэлэһэн туран
Кэскиллээх тылла кэпсэтиэҕиҥ,
Оҕоло-о-ор!
Э-э-э дуо-о!
Уруй диэн олохтоон иһиэҕиҥ,
Оҕоло-о-ор!
Айхал диэн алҕаан иһиэҕиҥ,
Оҕоло-о-ор!
Э-э-э!
Эгэй диэн этэн иһиэҕиҥ дэ-ээ!
Биһиги дьон кэккэлэһэн турарбыт
Кэскил буоллун,
Оҕоло-о-ор!
Э-э-э дуо-о!
Биһиги үктэммит сирбититтэн
Үкэр күөх от үүннүн,
Оҕоло-о-ор!
Биһиги дьон алтахтаабыт сирбититтэн
Аҕыс салаалаах ача күөх от
Аҥаатыннын,
Оҕоло-о-ор!
Дьэ-э, дуо-о!
Иитэр Иэйэхсиппит истэн иэнигий,
Оҕоло-о-ор!
Айбыт Айыыһыт хатын,
Араҥаччылыы тур, оҕоло-о-ор!
Тиэргэн иччитэ, тэрийэ тур,
Оҕоло-о-ор!
Айыыһыт хатын,
Биһиги алтахтаабыт сирбитигэр
Арылыас кус сымыытын курдук,
Араҕас илгэни биллиргэччи
Таммалата тур!
Оҕоло-о-ор!
10