Page 5 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 5
Норуот тылынан уус-уран айымньыта
НОРУОТ ӨРКӨН ӨЙӨ, ЫТЫК ТЫЛА
Эһиги норуот уран тыллаахтара, айар талааннаахтара үгүс
үйэлэр усталарыгар айбыт эгэлгэ ырыаларын-тойуктарын,
бэргэн таабырыннарын, сытыы өс хоһооннорун, чобуо чабыр-
ҕахтарын, алыптаах остуоруйаларын, мындыр сэһэннэрин, сү-
дү олоҥхолорун балачча аахтыгыт, билистигит, бэйэҕит да
айан, чинчийэн холоннугут. Быйыл салгыы Константин Оросин
«Дьулуруйар Ньургун Боотур», Василий Каратаев «Модун Эр
Соҕотох» олоҥхолорун ааҕыаххыт, былыргы оһуокай тойуга
үөскээбит төрдүн билсиһиэххит, ааҕыаххыт, истиэххит.
Норуот айымньыта хайдах айыллан тарҕанарый, тоҕо биир
айбыт киһи аата ааттамматый диэн мунаарыахха сөп. Ол
эрээри сахаҕа сурук-бичик суоҕар, маҥнай айбыт киһи аата
сыыйа умнуллан, киниттэн истибит атын талааннаах дьон
эбэн-көҕүрэтэн, уһатан-кылгатан, тупсаран, ардыгар лаппа ула-
рытан дьоҥҥо, сиргэ-дойдуга тарҕаталлара.
Холобур, улуу оһуокайдьыт, тойуксут, олоҥхоһут С. А. Зве-
рев — Кыыл Уола (1900—1973) «Мин Таҕа уола Ырдьаҥ Дьаа-
кыптан (Яков Степанович Васильев) уһуллубутум, кини миигин-
нээҕэр быдан ордук ураты хоһоонноох, элбэх тойуктаах киһи
этэ» диэн кэпсиир эбит. «Куруубай хааннаах Кулун Куллус-
туур» олоҥхону суруйтаран үйэтиппит И. Г. Тимофеев-Теплоу-
хов (1869—1962) «олоҥхоһут аймахтарбыттан Ырыа Мииккэт-
тэн уонна Тэкэллэ Миитэрэйтэн уһуйуллубутум» диэн кэпсиир
эбит. Оттон кинилэр өссө былыргы, ааттара-суоллара умнул-
лубут, дьонтон истэн үөрэннэхтэрэ.
Норуот тылынан уус-уран айымньытын ханнык баҕарар кө-
рүҥэ ис хоһооно, ис номоҕо дириҥин таһынан тыла урана,
хомоҕойо, нарыламмыта, сааһыламмыта дьоҥҥо-сэргэҕэ ор-
дук кэрэхсэтэр. Ол да иһин улуу Ойуунускай: «Ырыаҕа, олоҥ-
5