Page 8 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 8

6. Петров Н. Е. Айыы үҥкүүтэ. — Дьокуускай : Бичик, 2000. —
        С. 6–33.

    7. Стручкова Н. А. Семантика основных движений якутского
        хороводного танца осуохай. Автореф. дисс… Улан-Удэ, 2000.

          Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга

    Оһуокай жанрын биир уратытынан тута хоһуйуу буолар. Бу
    туһунан фолькляорист В. В. Илларионов «Оһуокайга тута
    хоһуйуу оруолун» туһунан ыстатыйатыттан бэлиэтээһиннэри
    ааҕыҥ.

    Поэтическай импровизация — тутатына хоһуйуу, Сунтаар,
Ньурба үҥкүүһүттэрин толорууларыгар ХIХ—ХХ үйэлэргэ би-
гэтик киирэн, оһуокай жанр быһыытынан сайдыытын чыпчаа-
лыгар тиийбитэ диэн этиэххэ сөп. Научнай литератураттан
даҕаны, биирдиилээн дьоннор ахтыыларыттан да көрдөххө,
оһуокай норуот айымньытын ураты көрүҥүн быһыытынан Сун-
таар, Ньурба улуустарыгар киэҥник биллэр. Бүлүүлүү үҥкүү-
нү Н. Е. Петров уонна да атын чинчийээччилэр саха үҥкүүтүн
классическай көрүҥүн быһыытынан билинэллэр, онтон атын
улуустарга, киин эҥээргэ, хаҥаластыы, найахылыы, таатталыы,
өлүөхүмэлии хайҕатар диэн үҥкүү көрүҥнэрэ бааллара бил-
лэр. Хайҕатар улахан ис хоһооно суох, сарын-сарынтан та-
йансан баран, уҥа-хаҥас атахтары иннин диэки быраҕаттаан
өрө көтөн үҥкүүлээһин. Бу үҥкүүгэ этээччи киһиттэн көҥүл
тута хоһуйан үҥкүүлээһин ирдэммэт, эдэр ыччат көр кэриэтэ
кылгастык үҥкүүлээн ылар үҥкүүтэ. Таатталыы үҥкүүгэ илии-
илиилэриттэн сиэттиһэн «дьээ-буо» матыыбынан уһуннук
эҥээритэн хоһуйан ыллаан түһүлгэни төрүттүүллэр. Таатталыы
үҥкүү пропагандиһынан «Оһуокай» уопсастыбаҕа Г. Г. Сыро-
мятников буолар. Илин эҥээр үҥкүүтүн бастыҥ холобурун Ус-
тин Нохсоороп матыыбыгар көрүөххэ сөп. Саха үҥкүүтүн биир
бастыҥ көрүҥэ билиҥҥи кэмҥэ симэлийиэх курдук. Ол биир
төрүөтүнэн илин эҥээр үҥкүүтүгэр поэтическай импровизация
өрөбөлүүссүйэ инниттэн даҕаны кыайан олохсуйбатах.

    Хаҥалас киһитэ, педагогическай наука кандидата П. Шад-
рин, оһуокай үс эрэ тиэмэлээҕин ахтар. Бастакыта, өрүс эс-
тиитигэр оһуокайданар, сааскы көтөрдөрү хоһуйуу, иккиһэ, ыч-
чат сайыҥҥы кэми, тапталы хоһуйар сайыҥҥы үҥкүүтүн тыла,
үсүһэ, кымыс иһиитигэр этиллэр, ат барахсан арааһын хоһу-
йан, алҕаан туойуу буолаллар эбит. Информант ахтарынан,

   8
   3   4   5   6   7   8   9   10   11   12   13