Page 6 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 6
хоҕо саамай сыаналааҕа диэн баар — тылын күүһэ, дьүһүнүн
күүһэ, этиитин күүһэ» диэн эттэҕэ. Норуот тылынан уус-уран
айымньыта истэн, өйгө оҥорон көрөн ылынарга анаммыт буо-
лан, ойуулуур-дьүһүннүүр ньымата ураты баай: тэҥнэбиллэрэ
чопчутунан, бэргэнинэн, уус-уран быһаарыыта тэнийэн, сиэ-
тиллэн тахсан иһэринэн, сиһилиирэ сиэдэрэйинэн, ханалытан,
кубулутан этэрэ эгэлгэтинэн, омуннаан, дарбатан этэрэ ба-
һырхайынан дьон болҕомтотун тардар. Чочуламмыт уус-уран
тыл норуот сүргэтин, санаатын көтөҕөр күүстээх.
Саха норуотун тылынан уус-уран айымньыта XIX үйэ аҥаа-
рыттан саҕалаан хомуйуллан, сурукка тиһиллэн, чинчийиллэн
турар. Онон ускуустуба бары көрүҥэ сайдарыгар тирэх, билим
араас эйгэтигэр баай матырыйаал буолан көдьүүһэ, туһата
үгүс. Ол эрээри билигин да чинчиллибэтэх, ырытыллыбатах
суола үгүс. Ордук атын норуоттар айымньыларын кытта сити-
мэ быһаарылла, хардарыта тылбааһа кыайтара илик. Итиниэ-
хэ, эһиги, саҥа үйэ дьоно ылсыаххыт диэн эрэлбит улахан.
ОҺУОКАЙ
Оһуокай — норуот тылынан айымньытын биир бэлиэ жан-
ра. Профессор Н. Е. Петров оһуокай түҥ былыр ыһыах алгыс-
тарыттан үөскээбитин уонна билиҥҥи кэмҥэ фольклор биир
ураты жанра буолбутун бэлиэтээн суруйбута. Оһуокай үөскээ-
бит төрдө айыыларга сүгүрүйүү буоларын, ол иһин үҥкүү диэн
бэлиэтээн этиллэрин, XIX үйэ бастакы аҥаарыгар Бүлүү түөл-
бэтигэр сылдьыбыт Р. Маактан саҕалаан, кэлин оһуокайы анаан-
минээн үөрэппит М. Я. Жорницкая, А. Г. Лукина, Н. А. Стручко-
ва бары сөптөөхтүк бэйэлэрин үлэлэригэр быһааран тураллар.
Сунтаардар бэрт хойукка диэри оһуокайы үҥкүү диэн араа-
ран этэллэрэ, ол эрээри сэттэ уонус сыллар диэкиттэн оһуо-
кай саха үҥкүүтүн бэлиэтиир тиэрмин быһыытынан олохсуйан
эрэр диэххэ сөп.
Оһуокай норуот айымньытын быһыытынан синкретическэй
айылгылаах, поэзия, музыка, үҥкүү алтыһа сылдьаллар. Онон
барытын тэҥҥэ тутан чинчийии, үөрэтии уустуктардаах. Оһуо-
кай поэтическай ускуустуба буоларын Н. Е. Петров, хорео-
графия өттүнэн М. Я. Жорницкая, А. Г. Лукина, тылын-өһүн
Л. С. Ефимова, үҥкүү хамсаныытын семантикатын Н. А. Струч-
кова анаан үөрэппиттэрин бэлиэтиир тоҕоостоох.
Оһуокай ис хоһоонунан, тыл-өс өттүнэн фольклор жанрын
туспа көрүҥэ буолара мөккүөрэ суох. Үөскээбит төрдө ал-
6