Page 35 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 35

дьатан, ааккын алдьаттаран, бэйэ² соҕотоҕун туран хаалан,
хараҕы² уутунан суунан баран, киниэхэ үтү³нү санаабаты²
биллэр. Оччоҕо туран «кутургуйа талбытыгар тахсар, тойон
талбытын дьа´айар» — кини биир эмэ тоҕооско түбэ´иннэрэн,
дь³рү ытан да кэби´эригэр эбэтэр кылыылаан, тылга и²ин-
нэрэн1 баран, били Дьэллиги ыыппытын курдук, к³ск³, хаа-
тырга да үлэтигэр ыыттарарыгар к³²үллээх. Оччоҕо сатанар.
Уонна эйигин кытта ыалла´ан ас булбат. Ону ³йд³³б³т ки´и
буолуо дуо? Эбэтэр кылыныргыа дии саныыгын дуу?

    К ү к ү р У у с. Эйиэхэ кылыныргыа, бии этэргэ дылы, ытан
кэбиспэтэҕинэ ба´ыыба буолаа ини…

    Б и и к т э р. Киниттэн ордук ку´аҕан санаалаах ким баар
буолуой? Оннооҕор эн сүрэххэр бы´ахтанна дии: к³рд³р ха-
раҕы² дьүккэтэ, к³түрдэр тии´и² миилэтэ буолбут, соҕотох,
баар эрэ күнү² тэ²э оҕоҕун былдьаан ылыан кэриэтин бэйэ-
ҕин ³л³р³н кээстэр ордук буолуо этэ. Оннук буолбат дуо?

    К ү к ү р У у с. Чахчыта оннук…
    Б и и к т э р. Кырдьыга, эн кыыскын былдьатыа² кэриэ-
тин — ³лбүтү² к³н³, мин кулаак буолуом кэриэтин — эмиэ
³лбүтүм ордук. Онон, туох гынаары сэрии буоларый, ки´и
ки´ини ³л³р³рүй, туох гынаары кини кэлтэччи би´и сүрэхпи-
тигэр бы´ахтанарый, синэ биир — тыын тыы²²а харбас —
Дьууру сайылаан кэби´иэх!
    К ү к ү р У у с. Тыый тукаам, эттэҕи² тугун сүрэй?!
    Б и и к т э р. Тугу² тылай? Инньэ диэн таах сытан биэрэбит
дуо? Оннооҕор кутуйах үктээтэххэ «чыып» диир. Эбэтэр кини
би´игини кэбилээбитэ, кэбилээн эрэрэ сүрэ суох дуу?
    К ү к ү р У у с. Дьэ, ол да сүрдээх суол…
    Б и и к т э р. Эбэтэр эн, бэрт ки´и, холкуос, хомуньуус буо-
лан, би´игиттэн хол-буут ылсаары гынаҕын дуу? Хайа, бии
баппыыска²?!
    К ү к ү р У у с. Эчикийэ, инньэ диэмэ дээ, тукаам…
    Б и и к т э р. Эбэтэр ол, Дьуур, түү²²ү уоруйах курдук, кыыс-
кын уоран ылбытынан күтү³түргээн к³түрү сытыйан олороҕун
дуу?
    К ү к ү р У у с. Эчикийэ, тукаам, суох…
    Б и и к т э р. Оттон оччоҕо тугу² тылай? Итини диэн кыайан
³йд³³б³ккүн дуо, ³йд³³ҕүмсүйэри² эрэ бэрт дии: ол кыы´ы²
иирэр ки´итэ суох буоллаҕына, ханна барыа ү´ү? Хайа ытыы-
ытыы аҕатыгар кэлиэ суоҕа дуо, акаары оҕонньоор?!

     1 Кылыылаан — м а н н а: дэ² μктэтэн. Тылга и²иннэрии — дуона суо±унан
баайсан, дьыала±а тμбэ´иннэрии.

                                                                                                                                      35
   30   31   32   33   34   35   36   37   38   39   40