Page 38 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 38
´ыннын. Эппин сир ийэ туппатын, дуу´абын айыы та²ара ыл-
батын.
Кырдьыгын ту´угар андаҕайабын, аал уоппар үстэ сүгүрү-
йэбин.
Б и и к т э р. Бүттэ. Чэ, бу астык!.. Дьэ бука, ³´үллүбэт гына
ыксары эрийдэҕим буолуо… Дьэ убай оҕонньор, бу түүн сааны
сэбилии охсуохха наада. Барыах, билигин баран ыл.
К ү к ү р У у с. С³п… Ок-сиэ, му²наах тугу-тугу о²остон
эрэр буоллум…
Тахсан бараллар.
Быыс.
Т£РД¥С ООННЬУУТА
ИККИС ХАРТЫЫНА
Түүн. Тыа хонноҕо. Уу чуумпу. Эргэ дьаама ампаара харааран,
ки´и у²уохтарын кириэстэрэ, чагдааттара күлүгүрэн тураллар.
Түү²²ү чаҕылҕан дуу, туох эрэ атын уот дуу, күлүм гынан,
барытын сырдатан баран, умуллан хаалар.
I
К ү к ү р У у с Х а р а М а а с к а л ы ы н, тыа диэкиттэн кэлэн,
дьаама ампаарын и´игэр киирэллэр.
Х а р а М а а с к а. Бү ³ттүттэн кэлиэ дуо?
К ү к ү р У у с. Ээ, ити ³ттүттэн кэлиэ этэ.
Х а р а М а а с к а. Суох дии.
К ү к ү р У у с. Кэлиэ илик буолуо. Манан сэрэн, уму´ах
баар буолуо.
Х а р а М а а с к а. Ол туох уму´аҕай?
К ү к ү р У у с. Былыр ³лбүт ки´ини угар дьаамалара.
Х а р а М а а с к а. Оччоҕо оттон ки´ибитин манна быра-
ҕыы´ыбыт дии?
К ү к ү р У у с. Кэбис, аньыы.
Х а р а М а а с к а. Онно туох аньыыта баарый?!
К ү к ү р У у с. Аргыый, хайа дьон истээйилэр.
Х а р а М а а с к а (улаханнык). И´иттиннэр доҕор! «Дьон»
буола-буола! Улахан эбиттэр! Наай гыннар ³л³рү³хтэрэ. Хата
олоруох. (Олороллор.) Туох бэлиэлээҕий?
К ү к ү р У у с. Бараан сонноох буолуо.
Х а р а М а а с к а. Бараан сон дээ? С³п. Туокка саа² уот
биэрбэт күннээх буоллаҕына, сэрэнээр, сэрэппэтэҕэ диэйэ-
ҕин…
38