Page 42 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 42
АЛТЫС ООННЬУУТА
I
Урукку балаҕан. Кү´үн, бастакы хаар тү´эн тэллэ²нэтэ турар.
Кыра тыаллаах. Түннүк таастара а²аардарыгар диэри хаардаахтар.
К ү н н э й, Б у о й а, С ы к ы н а «сыссыыкап» дэ´э-дэ´э, хаары аннынан
бураллан аа´аллар, онтон: «Чэ, киир. Бэйэ-бэйэ!» — дэ´э-дэ´э, ы´ыллан,
дьиэҕэ киирэллэр.
Б у о й а. Пуу! Дьэ хаар да хаар!
К ү н н э й. Эйигин баар диэн тү´ү³ суоҕа дуо?
Б у о й а. Мин түспэтин диэтим дуо?
К ү н н э й. Оттон диэ эбээ, баҕар уурайыа.
Б у о й а. Уурайбатын. Хата исти², мин хо´уйуум эрэ.
И к к и э н. Чэ.
Б у о й а. Бэйэ, умнубуппун… Ээ, ³йд³³түм…
Бастакы хаар барахсан
Тэллэ²ниир да тэллэ²ниир.
Чоҕочу сыа эрэстиин
Чуга´ыыр да чута´ыыр…
К ү н н э й. Кэм эйиэнэ айаҕы² иннэ буолуо.
С ы к ы н а. Итиэннэ?
Б у о й а. Ити кэннэ…
К ү н н э й. Итиэннэ эт:
Са²ардаҕым аайы уо´ум
Чорбо²нуур да чорбо²нуур.
Этэрбэ´им эрэйдээх
Бэллэ²ниир да бэллэ²ниир…
Күлэллэр. Буойа этэрбэ´ин тэбэнэр.
Б у о й а. Оттон Сыкына
Мү´э силиитин курдук,
М³лб³²нүүр да м³лб³²нүүр…
Ха´ан, ханна
Ким хобордооҕор ууллара биллибэт…
С ы к ы н а. Түксү, ү³дэн, түксү.
К ү н н э й. Чэ, бэйэ. Буойа кэпсээнин ситэрдин. Дьэ, уонна
уолу² хайыырый?
Б у о й а. Уонна, бииргэм туох эмэ сылтаҕы була-була, ку-
турук ма´а буолар. Араа´а, иччитийбит бы´ыылаах.
С ы к ы н а (күлэр). Ол тоҕо?
Б у о й а. Бы´ыыта, тиил ыллар ханнык диир. (Күлсэллэр.)
К ү н н э й. Ону эн?
42