Page 44 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 44

таан баран, испиискэтин ылаары, сиэҕинэн барытын тоҕу ха-
´ыйан кэби´эр.) Уой-даа! Сатана, сон сиэҕэ барытын тоҕо
ха´ыйан кэбистэ дии. Эмиэ хат ааҕыах сорум буоллаҕа дуу.
Дьэ үчүгэй да му² доҕор…

    К ү н н э й. Са²арыма, хотуой!
    Б у о й а. Тоҕо тү´эрдэргин, эн са²арыа² суоҕа этэ.
    К ү н н э й. Бүттэ. 475 солкуобай. Чэ бэйэ, хастыы мүнүүтэ-
нэн куоттарар эбиттэрий? (Сымыйанан хары ча´ытын к³рбүтэ
буолар.)
    Б у о й а (сымыйанан). Бүттэ!
    И к к и э н. Туох даа?!
    Б у о й а (күлэр). Бүттэ диибин.
    К ү н н э й. Ээ, сиикэйэ…
    С ы к ы н а. Хата манна бүттэ.
    К ү н н э й. Т³´³ буолла?
    С ы к ы н а. М³´³³к тоҕус уон биэс.
    К ү н н э й. 195. (Суокка тардар.) 670. Хайа, хотуой?
    Б у о й а. Бүттэ.
    С ы к ы н а. Т³´³ буолла?
    Б у о й а. Суох, т³´³т³ да биллибэт. Ааҕан бүтэрдим, аны
барытын холбуохтаахпын… Дьэ, эрэй суот, доҕоор. (Ааҕар.)
    К ү н н э й. Дьэ быаргынан сынан, ку´аҕан да суоччуккун.
Лоп курдук үс мүнүүтэнэн куоттарды².
    Б у о й а. Мэ´эйдээмэ². 195, 200, 205, 210, 215, 220. Хо-
туоба!
    К ү н н э й. С³п, 220 диигин дуу?
    Б у о й а. Даа, даа, таак ыскасаал, хотун.
    К ү н н э й. £сс³ ки´и² нууччалаах. Барыта 890 солкуобай
буолла. Бэйэ уонна Буойа т³´³н³н куоттарбытын к³рү³ххэ.
    Б у о й а. Чэ, ээх…
    С ы к ы н а. Оруобуна тү³рт а²аар мүнүүтэнэн куоттарбыт.
    К ү н н э й. Итиччэҕэ дьарыпылаан мин буоллум! Аптама-
быыл — Сыкына. Оттон эн оҕус буоллу².
    Б у о й а. Чэ ээх, эн испиискэнэн аахтаргын, баҕар, оҕус
буолуохтааҕар, ынах буолуо² этэ. Хата, ыл эт: барыта т³´³
сойуом буолла?
    К ү н н э й. Барыта 890 буолла.
    С ы к ы н а. Оттон би´иэхэ биэрбит садаанньыйалара т³´³
этэ?
    К ү н н э й. Биэрбиттэрэ оруобуна алта м³´³³к.
    Б у о й а. Оччоҕо 290 солкуобайы на´аа тэптэрбиппит дии.
    И к к и э н. Ураа! Ай-да, би´и биригээдэ!

  44
   39   40   41   42   43   44   45   46   47   48   49