Page 48 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 48
хара сорбун! ¥тү³ дьонум, үтү³ оҕом, Дьуур тылын истибэ-
тэх сааппын, аньыыбын. О, оҕом араастаан да этэ сатаабыт
эбит… Аны кэлэн мин ки´и буолуом дуо? Аны кэлэн мин кы´ам
кытыастыа, мин кыстыгым кы´ыл к³мүс кыымынан кырба´ыа,
к³мү´ү-алтаны у´аарыа, уулларыа дуо? Сиэспити сир-буор
сирэйдээтэхтэринэ, сэмэлэрэ буолуо дуо, хааннаспыты ха-
ра-буор ньуурдаатахтарына, буруйдара буолуо дуу?! Ситэри…
ситэри синэ биир… бэйэм бэйэбин… (Тэлэкэччийэн тиийэн,
к³х³ҕ³ ыйанан турар кыыннаах бы´аҕын сулбу тардан ылар.)
Синэ биир… (У´угунан сүрэҕэр тириир, батары баттыах кур-
дук, икки илиитинэн угуттан тутар.) Синэ… Синэ биир!.. Ол
эрээри… Суох, суох! (Бы´аҕын быраҕар, хабарҕатын уолугун
т³лүтэ тыытар.) ¤уу! ´уу! Бу тугуй — ууга түстүм дуу, уок-
ка түстүм дуу? Туймаардахпын! Тыыным хаайтардаҕын… Чэ
эрэ, кэл эрэ, тууйуллуубун тоҕуорутар1 дьоллоох добун2 то-
йугум, ыар санаабын ыраах кыйдыыр ыраас ырыа чуорааным!
Кэл эрэ бэттэх! Ч³лл³рүт! Кэ²эт! Кулу´уй! Долло´уй!.. (Олоро
тү´эн, ыллаан киирэн барар.)
К³р даа бу! К³р даа бу!
К³р³лл³р, к³рб³тт³³р!!!
Аҕыс уон айыы´ыт сатыылаан аа´ар
Аан дайдытыгар арҕаҕырбыт курдук санаабытым.
Тоҕус уон айыы´ыт тохтоон аа´ар
Толонноох туонатыгар дуурдаммыт курдук
толкуйдаабытым.
Толору дьоллоох орто туруу дойдуга
Олоҕурбут курдук ууруммутум,
Ситэри кэскиллээх сир буор ийэҕэ
Сириэдийбит курдук сиэрдэммитим;
Бу к³ст³р күлүмнүүр кү²²э
Баайтан ордук баарын бадахтаабатаҕым,
Бу күлүгэ-кү³нэ оонньуур кэм²э
¥птэн ордук күүстээҕи ³йдү³бэтэҕим;
¥рдүктэн аналлаах үтү³ идэбин
Атыылаан тураммын,
Улахантан ууруулаах уран ³йбүн
Ууран тураммын,
¥птээх күлүгүн эмэгэт гынан ү²эрим,
Астаах атаҕар та²ара гынан сүгүрүйэрим,
1 То±уорутар — м а н н а: тар±атар.
2 Добун — м а н н а: кμμстээх-эрчимнээх, чуор.
48