Page 51 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 51
М и л и ц и я. Оҕонньоор! Эн тутулунну².
К ү к ү р У у с. Мин дуо? С³п. (Кыы´ын к³р³р.) О, чыычаах-
пын даа! Чэ, с³п… (Арбаҕа´ын кэтэр.) Күннэй… күнүм тэ²э…
Күннэйиэм… (Даллайбытынан кыы´ын диэки барар. Күннэй
утары кэлэр.) Чыычаахпыан! (Куу´ан туран, сыллыыр.) Кү²²э
булбутуом, сүрэҕиэм… Чэ, быдан… бырастыы! Аны ³т³р… к³р-
с³р… биллибэт… (Ытамньыйар.) Чэ, илт! Би´и иккиэ этибит.
«Абырыахсыппын» кинээс Бииктэрин эмиэ ылы².
М и л и ц и я. Баар.
Аргыый тахсан бараллар. Күннэй, баҕанаҕа ³й³н³н туран,
ытыы хаалар.
? Ыйытыылар уонна сорудахтар
Бастакы бөлөх
1. Күннэй, Буойа, Сыкына кэпсэтиилэригэр са²а олох бэлиэ-
лэрэ ханныктарый?
2. Аҕа уонна оҕо ыар бы´аарсыыларыгар бэйэ-бэйэлэригэр сы-
´ыаннарын ааптар ханнык тылларынан бэлиэтиирий?
3. «Эн би´иэхэ туох да күүс, хахха суох, барытыгар үйэ к³-
²үлэ» диэн Күннэй тугу этэрий?
4. Күкүр Уус кэмсиниитин-кэбириниитин тоҕо тэбиир ырыа-
тын кэрдиис санааларын ис номохторун ырыты´ан кэпсэ-
ти².
Иккис бөлөх
1. Күннэй сааны, быһаҕы тоҕо кистээбитэ буолуой?
2. «Бэйэм буруйдаахпын — бэйэм сμ³рμ³хтээхпин» диэн Күн-
нэй тугу этэрий? Кини буруйдаах дуо?
3. Күннэй аҕатын тыллаан милииссийэҕэ туттарбыта сөптөөх
быһыы дуо? Атын суол суох дуо?
4. Толкуйдаа, санааҕын үллэстэргэ бэлэмнэн.
3. Кэпсэтиһиҥ, түмүктэ оҥоруҥ.
Анаан дьүүллэһии
1. Олох тосту уларыйыыта уонна кыра дьон кы´ал±ата.
2. Кμкμр Уус олох кимиэллээх киириилэригэр кы´ал±ата, му-
²а-соро тугуй?
3. Кμкμр Уус холбо´уктаа´ын сиэркилэтэ дуу, сиэртибэтэ дуу?
Драма ситэри силигин аа±ан, сμрμн уобарас оло±ун араас
тμ´μмэхтэрин тэ²нии тутан ырытан к³рμ².
51